Аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн остуол оонньуулара, көрдөөх стартар, биирдиилээн бэлиэ түгэннээхтэргэ эҕэрдэлэр тиһигин быспакка ыытылыннылар. Түмүгэр итии чэйдээх остуол тула «Истиҥ сүрэхтэн» көрсүһүү буолла. Манна 3 сылын үтүө үгэскэ кубулуйбут «Твори добро» нэһилиэгинэн акция бэлэхтэрин ытык – мааны кырдьаҕастарбыт тутан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Акцияҕа нэһилиэк тэрилтэлэрэ, биирдиилээн дьоннор булт-балык, дьиэ кэнсиэрбэтэ, сир аһын арааһа, атыылааһыллыбыт да туһалаах мал-сал биэрэллэрэ элбээн иһэрэ махталлаах суол.
Нэһилиэк туруу үлэһитэ, булчута Иван Иванович Михайловка үбүлүөйүнэн сибээстээн, “Өкүндү нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин”бэлиэ туттарылынна.








